
СЫДЬААЙ АНЫ ЫРАЙГА
/Арассыыйа Дьоруойа А.Р.Петров кэриэһигэр/
Тулуйбута СВОну,
Сэймэктэммит ыарыыны,
Дрон, миинэ быыһынан
Бэйэ дьонун булбута!
Күүстээх санаа күүһүнэн
Тулуйбута барытын!
Инчэҕэй эттээх тулуйбат
Тургутууну ааспыта!
Эр киһи биир күн ат үрдүгэр,
Биир күн ат өрөҕөтүгэр
Диэни кини билбитэ!
Биллэрбитэ өстөөххө!
Саалаахтан да самныбат!
Охтоохтон да охтубат
Буолта саха чулуута!
Арассыыйа Дьоруойа!
Сүдү ааты чиэстээхтик
Сүгэн, билэн бардаҕа!
Сиэмэх өстөөх дьайыыта
Синбиир ситэн сиэтэҕэ!
Саха сирэ сөҥүөрдэ!
Харах уутун кистээтэ!
Кини курдук тулуурдаах
Уоллаах норуот самныбат!
Үөһээ Бүлүү сүтүгэ!
Саха сирин саарына!
Арассыыйа Дьоруойа!
Сыдьаай аны ырайга!
ПОЛИНА ПОБЕДА
25.04.2026
Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр, Российскай Федерация Героя, Анал байыаннай дьайыы ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Алексей Рафаэлович Петров – “Медведь” күн сириттэн күрэннэ.
Алексей Рафаэлович дьиҥнээх эр киһи, дойдутун иннигэр хорсуннук сэриилэспит хоһуун буолар. Кини хорсун быһыыта биһиги сүрэхпитигэр үйэ-саас тухары хаалыаҕа, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолуоҕа.