
Оскуола бүтүүтэ кыракый уол оҕо
Уһаарыллар кэмнэрэ, иитиллэр күннэрэ
Үүннүлэр, кэллилэр, сыыдамнык сүүрдүлэр,
Икки сыл тухары саппыкы кэттилэр.
Уол оҕо чаҕыла, уол оҕо чулуута
Олоҕун түгэнин сүтэриэн баҕарбат,
Уол оҕо туйгуна, уол оҕо ис тыына
Үөрэххэ тирэнэн саллаат буола улаатыа.
Уол оҕо кылаана, уол оҕо таһаата
Чочуллуо сүүрүүгэ, күннээҕи дьарыкка,
Уол оҕо санаата, Эр киһи быһыыта
Чаас аайы тиһиллэн буойун буола хатыллыа.
Саа-саадах сүгүүлээх уһаты-туора ойууга,
Саһа сытан өстөөҕү имири эһиигэ,
Ийэ – Аҕа Дойдуга бэриниилээх буолууга
Аармыйа өйүгэр өй угуо, күүһүгэр күүс эбиэ.
Уол оҕо уйана, уол оҕо хатана
Икки сыл иһигэр бигэтик
наарданыа,
Саллаат уол, буойун уол буһуута – хатыыта
Ытык иэс төлөнүө, чиэстээхтик толоруо.
Туругурдун Аармыйа – ил-эйэ дойдута,
Туругурдун Аармыйа –
эдэр сүрэх кирбиитэ,
Сириэдийдин Аармыйа –
Аҕа Дойду куйаҕа,
Эрчимирдин Аармыйа –
Ийэ Дойду кылыһа !
Дьэбдьиэй Сиэнэ. Үөһээ Дьааҥы. 21. 02. 2022.
