Онхойская сельская библиотека – филиал № 13

АЙХАЛЛАН УЛУУ КЫАЙЫЫ!

https://youtube.com/shorts/WA9X0Ts4zdk?feature=share

Кыырай эрэ,
Кыталык буолан,
Кырдалы, сыһыыны үрдүнэн,
Кыайыы ырыата!
Күөрэй эрэ,
Күөрэгэй буолан,
Күөх толооннору үрдүнэн,
Күн дьолун үөрүүтэ!
Ыллаа,
Ымыы чыычаах буолан,
Ыаллаах алаас ахсын.
Эйээр,
Этигэн хамыс буолан,
Элгээн сыһыы устун.
Кэпсиэ, кэпсиэ, түргэнник,
Кэриэн ыччаттарым
Кэккэлэригэр киирэҥҥин,
Килбиэннээх кыайыы буолтун!
Албаннаах кыайыы,
Арылхай күн сырдыга буолан,
Айхаллаа,
Айыы дьонун
Алаһа дьиэтин
Аанынан киирэн!