БЭС ЫЙЫН 21 күнэ- ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАХ КҮНЭ

“Өбүгэ үгэһин утумнаан”

Ыhыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, 
оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.