Олоҥхо саха омук былыыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күүрсүүлэрин туһунан уостан-уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн-күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.
2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. 2006 с. сэтинньи 15 күнүнээҕи СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.